top of page

Быйыл Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр сэтинньи 25 күнүттэн - Олоҥхо күнүттэн саҕалаан, ахсынньы 5 күнүгэр диэри 12 төгүлүн Олоҥхо Декадата ыытыллар. Ол чэрчитинэн
Кычкин Гаврил Семенович - Хабыанньа туһунан иһитиннэрии. 

Таптыыр идэм үрдүктүк сыаналанна

Киһи бэйэтэ сөбүлүүр идэтинэн дьарыктанарыттан ордук киһи сүрэҕин - быарын үөрдэр туох баар буолуой? Оттон ол туһа диэн кимтэн даҕаны үп - харчы, төлөбүр  - манньа эрэйбэккин. Айар идэ оннук умсулҕаннаах буолааччы.

Гаврил Семенович Кычкин, Нам оройуонун колхозтааҕа. 

("Кыым", кулун тутар 18 к. 1948 с.) 

Биография 

1_edited.jpg

    Гаврил Семенович Кычкин - Ырыаһыт Хабыанньа 1888 сыллаахха Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Ийэтэ эрдэ өлөн таайыгар иитиллибитэ. Оҕо сааһыгар тулаайахсыйыы кытаанах дьылҕатын билбитэ, үлэлээн айаҕын иитиммитэ. Төһө да ыарахан олоххо олордор кэрэҕэ-үтүөҕэ тардыһара, ол иһин биллиилээх олоҥхоһут эдьиийин угуйуутунан олоҥхолуурга, тойуктуурга үөрэммитэ. Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар маҥнайгы “Кыһыл маяк” колхозка киирбит. Колхоз араас үлэлэригэр сарсыарда эрдэттэн киэһэ хойукка диэри үлэлээтэллэр даҕаны, колхоз эдэр уолаттара уонна кыргыттара мустан ыллыыллара-туойаллара. Хабыанньа Хабырыыс бу оҕолору көҕүлээн “Дьулуруйар Ньургун Боотур” диэн олоҥхону туруорбуттаах. Бу олоҥхолорунан бэйэлэрин оройуоннарын нэһилиэктэринэн, ону тэҥэ ыаллыы Уус Алдан оройуонун нэһилиэктэрин кэрийэн дьон-сэргэ улахан махталларын ылбыттар. Олоҥхотун куоракка театрга көрдөрө киллэрээри сырыттаҕына, “дьону аралдьытаҕын” диэн буолуо, правлениетын салайааччыта уоран ылан уматан кэбиспит, онон ол үлэтэ таах хаалбыт.

    1937 сыллаахха Платон Алексеевич ойуунскай Саха АССР тэриллибитэ 15 сыла туолуутугар Намҥа бэс ыйыгар оройуон ыһыаҕар тахса сылдьыбыта. Ыһыахха тохтобул кэнниттэн оройуон олоҥхоһуттара "Эрэйдээх буруйдаах Эр соҕотох" диэн олоҥхону көрдөрбүттэрэ. Олоҥхону тылын Александр петров - Чааскылатар диэн I Модут олоҥхоһута кэпсээбитэ. Эр Соҕотоҕу Гаврил Кычкин - Хабыанньа, абааһы уолун Көбөкөнтөн Прокорий Ядрихинскай - Бэдьээлэ, дьахтар ырыатын Хатырыктан Василий Попов - Бочоох, атын бухатыырдары Егор Охлопков, Солрвьев уо.д.а. олоҥхоһуттар таҥастанан - саптанан, куйахтанан - батастанан оонньоон көрдөрбүттэрэ.

    Кэлин Аҕа Дойду сэриитэ саҕаланар. Хабырыыһы броня биэрэннэр Дьокуускай куоракка трудовой фроҥҥа аэродром тутуугар үлэлэппиттэр. Онтон 1943 с. саха театрыгар үлэҕэ ылбыттар. Ити бириэмэҕэ кэргэнэ Кычкина Екатерина Кирилловна бастакы кыыс оҕотун кытта Нам оройуонугар Үөдэй нэһилиэгэр киирэн олохсуйбуттар. Гаврил Семенович “Буденнай” колхозка араас үлэлэргэ туох баар күүһүн-уоҕун түмэн үлэлээбитинэн барбыта. Бу сырыттаҕына, 1948 сыллаахха талааннаах ырыаһыты биир дойдулааҕын үҥкүүһүт Петр Поротовы кытта Москваҕа уус-уран самодеятельность күннэригэр сахалартан аан бастакы делегация састаабыгар киллэрбиттэрэ. Делегацияны Дмитрий Кононович Сивцев – Суорун Омоллоон салайбыта. Москваҕа Улахан театр сценатыгар Гаврил Семенович “Ньургун Боотур” олоҥхоттон быһа тардыыны, “Мачайар Баһылай”, “Сиппиир ырыата” о.д.а тойуктары, ыллаабыт-туойбут. Ити барыыларыгар улаханнык биһирэнэн грамотанан, дипломунан, сыаналаах бэлэҕинэн наҕараадаламмыта. Элбэх ырыаны-тойугу суруйан хаалларбыта. Ол курдук, “Мачайар Баһылай”, “Сиппиир ырыата”, “Чабычах ырыата”,  “Ыарҕа ырыата”, “Кэтэриинэ ойоҕум” о.д.а. норуот биһирээн истэр ырыаларын айан хаалларбыта.

1610925440_1-p-yakutskii-fon-1_edited.jpg

Айымньылара бэчээттэммит кинигэлэрэ

Саха народнай ырыалара.jpg

В сборник включены народные песни о скотоводстве, охоте, ысыахе, о любви, о социальном протесте и др. с переводом на русский язык, с комментариями.

"Сиппиир ырыата" - 64 сирэйгэ көр. 

Саха народнай тойуктара.jpg

Книга представляет собою научную публикацию (тексты на якутском языке с переводом на русский язык) одного из оригинальных жанров якутского фольклора — тойуков-народных поэм.В книгу вошли 7 образцов народных поэм-тойуков о похождениях «доброго молодца» — нового фольклорного типа, порожденного социальными отношениями Якутии второй половины XIX века, и поэмы о женской доле.

"Мачайар Баһылай" - 31 сирэйгэ көр

Саха фольклора.jpg

Бу кинигэ "Саха фольклора" диэн ааттанан бастаан 1947 сыллаахха тахсыбыта. Ол көннөрүллэн, ситэриллэн иккиһин таһаарыллар. Кинигэ ойуутун Саха искусствотын үтүөлээх деятелэ Л.М. Габышев түмэн оҥордо. Г.В. Степанов хаартыскалара киирдилэр

"Ыарҕа ырыата" - 242 сирэйгэ көр.

"Мачайар Баһылай" - 252 сирэйгэ көр.

Саха народун айымньыта.jpg

Г.С. Кычкин туһунан энциклопедияларга уонна кинигэлэргэ

Энциклопедия культуры и искуства Якутии.jpg

В энциклопедию вошли статьи о работниках и известных деятелях культуры и искусства Якутии, внесших большой вклад в становление и развитие культуры республики. Также включены короткие статьи об учреждениях культуры сел и городов, учебных заведениях, о творческих коллективах, значимых культурных мероприятиях

Энциклопедический словарь Якутии.jpg

Энциклопедический словарь Якутии представляет собой универсальное справочное издание, посвященное историко-этнографическим, культурным, экологическим, социально-экономическим, природным и другим сферам жизни республики с древнейших времен до наших дней. Авторы стремились объединить всю имеющуюся информацию по отраслям знаний, касающихся Якутии, а также создать базу научных данных для дальнейшего исследования. В биографическом блоке приведены сведения о людях, оставивших значительный след в жизни республики: исторических личностях и современных государственных, хозяйственных и общественных деятелях, ученых, актерах, музыкантах, педагогах. Издание должно не только выполнять функцию обеспечения межотраслевого общения, инструмента выверенных знаний для населения республики и за ее пределами, но и способствовать патриотическому воспитанию молодого поколения

IMG_4978.jpg

“Эҥсиэли хочотун олоҥхоһуттара” диэн программа чинчийэр үлэтин түмүгүнэн хомуурунньук оҥоһулунна. Нам улууһун олон хоһутгарын ааттара төһө биллибитинэн испииһэктэннэ. Олонхолорун, сорохтор олоҥхолорун кылгас сюжетын суруйан, суруттаран хаалларбыттара ханнык архыыпка, фондаҕа харалла сылдьаллара ыйылынна. Фольклору хомуйааччылар үлэлэрэ, айымньылартан быһа тардыылар уларытыыта, көннөрүллүүтэ суох киирдилэр. Олоҥхоҕо сүгүрүйээччилэргэ, үөрэтээччилэргэ чинчийэр, үйэтитэр, киэҥник тарҕатар үлэлэригэр көмө

Отсканированные документы (1)_page-0001.jpg

В эту книгу вошли Олонхосуты Намского улуса, нынешние исполнители олонхо, исследователи олонхо Намского улуса, собиратели, указатели, воспоминания о них, фотографии, архивные материалы, архивные работы фольклорной экспедиции в улусе 2018 г. и кино видеоархивный реестр Намского историко-этнографического музея им. П.И.Сивцева.

IMG_20190327_211910.jpg

Брошюра норуоттан тахсыбыт талааннаах киһибит Кычкин Гаврил Семенович - Хабыанньа олоҕун олоҥхотун, ырыаһыт быһыытынан сырдатан кэпсиир. 

Брошюраҕа киирбит айымньылара

Кыайыы күнэ тахсыытыгар.

Уйгу-быйаҥ олохтоох,

Улуутуйар улуу халлаан

Үс өргөстөөх,

Аҕыс сардаҥалаах,

Улуу уордьана буолбут,

Аламай маҕан күнү

Айхаллыы туойдум!

 

Эн,

Күөйэн кэлбит

Күөх бараан түүҥҥэ

Күлүгүрэн үөмпүт

Күүһүмсэх аймаҕын,

Үөмэн киирбит

Өлөр өстөөхтөрү

Күл гынан көтүттүҥ,

Өтөр дьыл үйэтигэр

Өҥөйөн көрбөт оҥордуҥ, -

Өрөгөй талаан үрдээтэ!

 

Эн,

Хараҥа түүн кэлиитигэр

Халыйан хааман киирбит,

Хаарыаннаах олоҕу

Хампарытарга санаабыт

Хаанымсах аймаҕы

Хампы сынньан,

Харыа гынан хараартыҥ,

Хаһан даҕаны

Хайыһан көрбөт оҥордуҥ, -

Саргы дьаҕыл улаатта!

 

Киэҥ сири

Кэтэҕинэн кэрийэн,

Килбиэннээх дьүһүнүҥ

Киртийбэккэ тахсыбытын –

Хата ордук,

Киэркэйэн-килбэйэн

Кэлбиккин көрөммүн,

Эдэр бэйэм

Эҕэрдэлии тоһуйдум!

 

Улуу сири

Улаҕатынан охсуллан,

Уоттаах дьүһүнүҥ

Уларыйбакка тахсыбытын, -

Уруккутааҕар ордук,

Унааран-тунааран

Ойбуккун көрөммүн,

Оҕо бэйэм

Уруйдуу тоһуйдум.

 

Ыллаабыт ытык ырыабын,

Эппит эриэккэс эгэлгэбин,

Туойбут дьоллоох тойукпун,

Кыраай сири

Кырыытынан сылдьыбыт,

Кыһыл былаах тутуурдаах

Хорсун бөҕө санаалаах,

Хотоойу бөҕө сырыылаах,

Кыра дьон иннигэр

Кыайыыны олохтообут,

Үлэһит народу

Үлүгэр бөҕөттөн өрүһүйбүт,

Улуу Сэбиэскэй Аармыйаҕа анаан,

Уруйдаатаҕым буолуохтун!

Г.С.Кычкин, народ ырыаһыта, ҕ; саастаах, Нам оройуонун I Үөдэй нэһилиэгин Буденнай аатынан колхоз чилиэнэ.

(«Кыым»,  ахсынньы 18 к. 1948 с.)

Күн тахсыыта

Дьэ.-э буо-о!

     Кэскил быйаҥ кэһиилээх

     Киҥкиниир киэҥ  халлааным

     Киэргэллээх медала буолбут,

     Өрөгөй талаан үктэллээх

     Үрдүк маҥан халлааным

     Үөрүүлээх өрүөлэ буолбут,

     Уйгу быйаҥ олохтоох

     Уруйдаах улуу халлааным

     Уоттаах ордена буолбут...

                Үс өргөстөөх, аҕыс сардаҥалаах

                Аламай маҥан күнүм

                Дорообо буоллун!..

Эн,

     Таҥхалыйан киирбит дьайыҥнар

     Тардыллан кэлбит

     Бу аҕыс хараҕалаах

     Хараҥа түүн ийэбэр,

     Халыйан хаампыт

     Хаанымсах аймаҕын

     Хаһан даҕаны

     Хайыспат гына

     Хампы оҕустубут.

     Сааһын тухары

     Салаллыбат гына

     Самнары баттаатыбыт...

               Саастаахпытын самнаран

             Саргы талаан салалынна!..

Эн,

      Төгүрүйэн киирбит төлкөҕөр,

      Үһүллэн кэлбит

      Түөрт өртүктээх

      Күөх түүн ийэбэр,

      Күөнтүүргэ сананан

      Күлүгүрэн үөмпүт

      Күүһүмсэх аймаҕын

      Күллүү көтүттүбүт.

      Өр дьыл устатыгар

      Өҥөйбөт гына

      Үлтү сырбаттыбыт.

               Өстөөхпүтүн өһөгөйдөөн

               Өрөгөй талаан үрдээтэ!..

Эн,

      Киэҥ сир ийэм

      Кэтэхпитинэн эргийдэ диэҥҥин

      Киэргэллээх кэрэ дьүһүнүҥ

      Киртийэн тахсыбатах, -

               Хата ордук киэргэйбит

               Кэрэ буолбут!..

      Улуу Сибирь ийэм

      Улаҕатынан эргийдэ диэниҥ

      Уоттаах төлөннөөх дьүһүнүҥ

      Уларыйан тахсыбатах,-

                Хата ордук уоттаммыт

                Улуу буолбут!..

      Кыраай сир ийэм

      Кытыыбынан кыйда диэҥҥин

      Килбиэннээх кэрэ дьүһүнүҥ

      Кытаран тахсыбатах,-

                Хата ордук күлүмүрдээн

                Күндү буолбут!..

Дьэ-э буо-о?

       Ыллаабыт ырыабын

       Хоһуйбут хоһооммун

       Хотоойу санаалаах

       Хорсун быһыылаах

       Хоодуот сырыылаах,

       Кыайыылаах-хотуулаах

       Кыһыл байыастарга

       Анаатаҕым буоллун!..

Г.Кычкин. I Үөдэй нэһилиэгин Буденнай аатынан колхоз чилиэнэ.

“Колхоз сирдьитэ” хаһыат. Балаҕан ыйын 20 күнэ. 1946 с.

IMG_20190327_211910.jpg

Наҕараадалара
Концертнай программалар

Награды - 0002.jpg
Награды - 0003.jpg
Награды - 0004.jpg
Награды - 0001.jpg
Награды - 0005.jpg
Награды - 0006.jpg
Наҕараадалара.jpg
Награды - 0009.jpg
Награды - 0008.jpg
Награды - 0007.jpg

Саһарбыт хаартыскалар кэпсииллэр

Х - 0005..jpg

Г.С. Кычкин кэргэнэ Екатерина Кирилловна кыргыттарын кытта. 

Х - 0004.jpg

Улахан сиэн уолунаан Ганялыын

Х - 0001.jpg

Аты сиэтэн турар Хабыанньа, ат үрдүгэр улахан кыыс Дуунньа

Х - 0007.jpg

Г.С. Кычкин биир дойдулааҕа Поротов М.П. кытта Саха сирин делегациятынаан Москваҕа, 1948 с. 

2. Кычкин Гаврил Семенович.jpg

Саха сирин делегацията, 1948 с. 

Кычкин Гаврил Семенович Поротов Петр Михайлович.jpg

Концерт кыттыылаахтара, 1948 с.

Х - 0009_edited.jpg

"Ньургун Боотур" олоҥхо кыттыылаахтара

Кычкин Г.С..jpg

Үөдэй нэһилиэгин уус - уран самодеятельнаһын кыттыылаахтара Кычкин Г.С. кытта.

Нам улууһун Үөдэй нэһилиэгэр - 2018 сыллаахха

Кычкин Г.С. - Хабыанньа аатынан аһаҕас Норуот ырыатын күрэҕэ буолан ааспыта

Бу тэрээһиҥҥэ Нам улууһун араас нэһилиэктэриттэн кэлэн кыттыыны ылбыттара.

Күрэх түмгүнэн: Семен Дмитриевич Гаврильев – Гран При (Үөдэй)

Варвара Наумовна Сивцева – 1 место (Хатын-Арыы)

Евсеева Татьяна Ивановна – 2 место (Хатын-Арыы)

Федотов Петр Егорович – 3 место (Үөдэй)

Кыайыылаахтар дипломунан сыанаалаах бэлэхтэринэн наҕараадаламмыттара. 

IMG_2431.JPG

Хабыанньа удьуорун салҕааччылар

Хабыанньа сиэннэрэ, хос сиэннэрэ уонна хос хос сиэннэрэ.

IMG_2230.JPG
IMG-20141116-WA0034.jpg
IMG_2302.JPG
хос сиэннэр.JPG

Кычкиннар халыҥ аймах.
Мэҥэ Хаҥалас, Дойду нэһилиэгэ.

Аймахтар  - 0003.jpg

Кычкиннар аймах ыһыахтара.
Мэҥэ Хаҥалас, Матта нэһилиэгэ.

Аймахтар  - 0002.jpg
Аймахтар  - 0001.jpg
Аймахтар  - 0004.jpg
bottom of page