top of page
  • Black Vkontakte Icon
  • Black Facebook Icon
  • Black Instagram Icon
  • Black Twitter Icon
  • Black Pinterest Icon

Үөдэй нэһилиэгэр сонун тэрээһин буолла.

Балаҕан ыйын 27 күнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ураты суолталаах бэлиэ күн. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ бу күнтэн ыла Арассыыйаҕа тэҥ бырааптаах субъект быһыытынан бигэргэммитэ.

Олохтоох библиотека уонна В. А. Зырянов аатынан “Сарыал” сынньалаҥ киин көҕүлээһиннээх “Поле Чудес” сонун тэрээһин буолла. Оонньуу Муниципальнай тэриллии "Үөдэй нэһилиэгэ"  баһылыгын Иван Васильевич Гаврильев эҕэрдэ тылыттан саҕаланна. Күрэх үс түһүмэҕинэн тыҥааһыннаах киирсиилэр буоллулар.

Маннайгы түһүмэххэ кыттыыны ыллылар Чуораанчык оҕо уһуйаанын, иитээччи солбуйааччыта Екатерина Эверстова, З.П. Саввин аатынан Үөдэй орто оскуолатын технология учуутала Иннокентий Татаринов уонна математикаҕа учуутала Июлия Куприянова.

Иккис түһүмэххэ кыттыыны ыллылар “Үөдэй нэһилиэгэ” Муниципальнай тэриллии исписэлииһэ Наталья Дьяконова, “Үөдэй нэһилиэгэ” Муниципальнай тэриллии экономиһа Алена Матвеева уонна И. Н. Зырянов КСК үлэһитэ Оксана Новгородова. 

Үһүс түһүмэххэ кыттыыны ыллылар Үөдэйдээҕи Е.И. Кондакова аатынан балыыһа представителя Айталина Дьяконова, "Айылгы" түөлбэттэн Семен Гаврильев, сылааһы хааччыйар тэрилтэттэн Афанасий Винокуров.

Түһүмэхтэр кыайыылаахтара полуфиналга тахсаннар, тыҥааһыннаах киирсии буолла. Ол курдук Иннокентий Татаринов, Алена Матвеева уонна Айталина Дьяконова финалга тахсыы иһин кииристилэр.

Өркөн өй “Поле Чудес” оонньуу түмүгүнэн "КЫЛААН КЫАЙЫЫЛААХ" анал аат хаһаайынынан ааттанна Айталина Дьяконова. Хас биирдии кыттааччы туоһу суругунан сэмэй бэлэҕинэн наҕараадаланнылар.

Күндү кыттыбыт дьоммутугар уонна кыттааччыларга ыалдьыбыт дьоммутугар барҕа махталбытын тиэрдэбит. Кэлэр тэрээһиннэргэ көрсүөххэ диэри.

66034a2a-32bb-4686-bad0-603b1af3fc9c.jpg
bottom of page