Быйыл Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр сэтинньи 25 күнүттэн - Олоҥхо күнүттэн саҕалаан, ахсынньы 5 күнүгэр диэри 12 төгүлүн Олоҥхо Декадата ыытыллар. Ол чэрчитинэн
Кычкин Гаврил Семенович - Хабыанньа туһунан иһитиннэрии.
Гаврил Семенович Кычкин - Ырыаһыт Хабыанньа 1888 сыллаахха Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Ийэтэ эрдэ өлөн таайыгар иитиллибитэ. Оҕо сааһыгар тулаайахсыйыы кытаанах дьылҕатын билбитэ, үлэлээн айаҕын иитиммитэ. Төһө да ыарахан олоххо олордор кэрэҕэ-үтүөҕэ тардыһара, ол иһин биллиилээх олоҥхоһут эдьиийин угуйуутунан олоҥхолуурга, тойуктуурга үөрэммитэ. Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар маҥнайгы “Кыһыл маяк” колхозка киирбит. Колхоз араас үлэлэригэр сарсыарда эрдэттэн киэһэ хойукка диэри үлэлээтэллэр даҕаны, колхоз эдэр уолаттара уонна кыргыттара мустан ыллыыллара-туойаллара. Хабыанньа Хабырыыс бу оҕолору көҕүлээн “Дьулуруйар Ньургун Боотур” диэн олоҥхону туруорбуттаах. Бу олоҥхолорунан бэйэлэрин оройуоннарын нэһилиэктэринэн, ону тэҥэ ыаллыы Уус Алдан оройуонун нэһилиэктэрин кэрийэн дьон-сэргэ улахан махталларын ылбыттар. Олоҥхотун куоракка театрга көрдөрө киллэрээри сырыттаҕына, “дьону аралдьытаҕын” диэн буолуо, правлениетын салайааччыта уоран ылан уматан кэбиспит, онон ол үлэтэ таах хаалбыт.
1937 сыллаахха Платон Алексеевич ойуунскай Саха АССР тэриллибитэ 15 сыла туолуутугар Намҥа бэс ыйыгар оройуон ыһыаҕар тахса сылдьыбыта. Ыһыахха тохтобул кэнниттэн оройуон олоҥхоһуттара "Эрэйдээх буруйдаах Эр соҕотох" диэн олоҥхону көрдөрбүттэрэ. Олоҥхону тылын Александр петров - Чааскылатар диэн I Модут олоҥхоһута кэпсээбитэ. Эр Соҕотоҕу Гаврил Кычкин - Хабыанньа, абааһы уолун Көбөкөнтөн Прокорий Ядрихинскай - Бэдьээлэ, дьахтар ырыатын Хатырыктан Василий Попов - Бочоох, атын бухатыырдары Егор Охлопков, Солрвьев уо.д.а. олоҥхоһуттар таҥастанан - саптанан, куйахтанан - батастанан оонньоон көрдөрбүттэрэ.
“Үөдэй ытык ыала – Яковлевтар” кинигэ сүрэхтэниитэ.
Алтынньы ый 20 күнүгэр Нам улууһун Үөдэй нэһилиэгин олохтоох библиотекатыгар, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ сылын, Үөдэй нэһилиэгэ сурукка киирбитин 390 сылын көрсө, киэн тутта ааттыыр ытык ыалбыт 15 оҕо тапталлаах ийэтэ, Герой Ийэ Татьяна Васильевна уонна тыыл, үлэ бэтэрээнэ Дмитрий Дмитриевич Яковлевтарга анаммыт “Үөдэй ытык ыала – Яковлевтар” кинигэ сүрэхтэниитэ буолла.
Кинигэ ааптарынан буолар РФ Үтүөлээх учуутала, Нам улууһун Ытык киһитэ Алексей Дмитриевич Яковлев.
Тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллылар Нам улууһун кииннэммит библиотека ситимин директора Майя Романовна Софронова, улуустааҕы бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Софья Дмитриевна Кобякова, “Үөдэй нэһилиэгэ” МТ социальнай боппуруостарга сүрүннүүр исписэлииһэ Екатерина Алексеевна Эверстова, олохтоох тэрилтэ салайааччылара уонна бүгүҥҥү күн тутаах киһитэ кинигэ ааптара, РФ Үтүөлээх учуутала, Нам улууһун уонна Үөдэй нэһилиэгин Ытык киһитэ Алексей Дмитриевич Яковлев, “Нэһилиэк киэн туттар дьоно» 3 серия кинигэ ааптара Татьяна Михайловна Федотова – Татыйыына – Харыстаана, Яковлевтар халыҥ аймах оҕолоро, сиэннэрэ, маны таһынан Үөдэй нэһилиэгин 14 Герой Ийэ оҕолоро.
Татьяна Васильевна уонна Дмитрий Дмитриевич Яковлевтар 1999 сыллаахха олунньу 15 күнүгэр бииргэ олорбуттара 50 сылын, 2009 сыллаахха 60 сылын бэлиэтээбиттэрэ. Бу уһун сыллар усталарыгар 15 оҕону төрөтөн, иитэн-улаатыннаран, сиэннэрин, хос сиэннэрин көрсүһэн, бэйэ-бэйэлэрин өйөнсөн, ытыктаһан, этэҥҥэ бииргэ оҕолорун, сиэннэрин ситиһиилэринэн, үөрүүлэринэн кынаттанан толору дьоллоохтук олорбуттара.
Татьяна Васильевна «Ытык Ийэ», Дмитрий Дмитриевич «Ытык Аҕа» аатын ылбыттара. Кинилэр элбэх ыччаттанан обществоҕа туһалаах дьону иитэн таһаарбыттарын иһин 2009 сыллаахха республикатааҕы «Саха сирин Кыһыл көмүс дьиэ кэргэттэрэ» кинигэҕэ киллэриллибиттэрэ. Кинилэр оҕо иитиитигэр ураты үтүөлэрин, республика общественнай олоҕор улахан кылааты уонна тус холобурдарынан чөл олоҕу салайсыбыттарын иһин «Саха сирин бастыҥ дьиэ кэргэнэ» Бочуот кинигэтигэр көмүс ааттара суруллубута.
Кинигэ С.А. Новгородов “Айар” национальнай кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэн таҕыста, уопсайа 8 салаалаах, ол курдук бастакы салаа “Ийэ сир иччилээх, Аҕа халлаан айхаллаах”, иккис салаа “Удьуор үтүө үгэһин утумнаан”, үһүс салаа “Үөдэй дьоһун ыала”, төрдүс салаа “Ахта саныыр ытык – мааны дьоммут”, бэһис салаа “Оҕо сааспыт сырдык ыраас одоҥ – додоҥ өйдөбүллэрэ”, алтыс салаа “Эбэ, эһэ үөрүүлэрэ – сиэннэр, сэттис салаа “Айар дьоҕур абылаҥа” уонна түмүктүүр салаа “Олох салҕанар, удьуор утумнанар” Кинигэҕэ Саха сирин уонна Нам улууһун араас сыллардааҕы хаһыаттарын матырыйааллара, оҕолорун, сиэннэрин, биирдиилээн дьон ахтыылара, дьиэтээҕи архыып хаартыскалара киирдилэр.